Печать

       Улуустааҕы Олоҥхо декадата биллэриллибитинэн, Олоҥхо күнүн көрсө Бэрт Ууһун олохтоох библиотеката оскуола оҕолоругар библиотечнай уруоктары, "Чуораанчык" оҕо уһуйаанын иитиллээччилэригэр анаан олоҥхо туһунан видеопрезентациянан бэсиэдэ, олоҥхонон остуол оонньууларын оонньоото. Оҕолор сахалыы таҥнан-симэнэн, чуумпуран олорон бэсиэдэни, олоҥхонон остуол оонньууларын олус сэргээн иһиттилэр.